Понедельник, 9 декабря, 2024

Саха тылын сайыннарыы соруктара

Саха тыла бэйэтин сайдыытын субу күннээҕи сүһүөх кэмигэр глобализация тэнийиитинэн, маассабай култуура тарҕаныытынан атын тыллар өттүлэриттэн балай эмэ ыгыыны көрсөр. Саха тыла сайынна дуу, кэҕиннэ дуу диэн ыйыттахха – саха тыла баар баайын сатаан туттубаппыт элбээн иһэр диир сөп. Саха тыла дьадайбат, баай, ол баайбытын сатаан туһаммаппыт. Орто саастаах дьон, холобур, олоҥхо өрөгөйдөөх эбэтэр суостаах-суодаллаах иһиллиилээх эрээри дэбигис өйдөммөт суолталаах тыллардаах да буоллар ис хоһоонун ситиһэн билэллэр, өйдүүллэр. Оттон ыччат дьону ыллахха, хомойуох иһин, баһыйар үгүстэригэр олоҥхо лексиката биллибэт омук тылын курдук буолан иһэр. Бу дьоҥҥо олоҥхо сюжетын да ситиһэн өйдүүр кыаллыбат кэриэтэ сорук буолбут.

Ол да буоллар билиҥҥи саха тыла уопсастыбаҕа туттуллар ыыра, эйгэтэ лаппа кэҥээтэ, саха тылынан бэчээттэммит эбэтэр таҥыллыбыт информационнай дьапталҕа халыҥаан иһэр. Онуоха социальнай ситимнэр, интернет, сахалыы киинэ оруола улахан буолла. Дьон-сэргэ ортотугар саха тылын эйгэтин кэҥэтэр баҕа санаа да, хамсааһын да уҕараабат. Ол хайаан да ситиһиилээх түмүктээх буолуоҕа диэн эрэниллэр.

Саха тыла атын түүр тылларыгар тэҥнээтэххэ, дьиҥэ, олус үөрэтиллибит, наардаммыт, литературнай нуормалара сүнньүнэн олохтоммут тыл. Ол эрээри күн бүгүҥҥэ диэри киирии тыллары хайдах сурукка туттар туһунан биир түмүккэ кэлэ иликпит. Маныаха мин интернациональнай, ол аата аан дойду барыта туттар латыын-грек төрүттээх тыллары сүнньүлэрин уларыппакка туттар сөп этэ диэн санаалаахпын. Холобур, психиатр диэн грек төрүттээх тылы “бисихийээтир” диир наадата суох, эбэтэр латыынныы төрүттээх юрист диэн тылы “дьуруус” диир халы-мааргы дии саныыбын. Маннык “сахатытан” уларытыы саха тылын фонетикатын харыстааһыҥҥа анаммыт көстүү, ол да буоллар саха тылын бэйэтин кыаҕынан лексиканы сайыннарыыны син биир көҕүлээбэт. Ол быһыытынан музейы музей диэххэ, театры театр диэххэ, институту институт диэххэ. Онтон атын тыллары, нуучча, немец, английскай уо.д.а. аныгы тыллартан киирэр тыллары дьэ уу сахалыы көрүҥнэрин була сатыах тустаахпыт.

Өрөспүүбүлүкэбит иһигэр сахалыы кэпсэтэн, суруйсан уопсастыбаннай, социальнай наадыйыылары күннээҕи ситиһии кэҥээн иһиэхтээх. Маныаха былаас да, общественность да өттүттэн өйдөөх-дьүүллээх дьүккүөрдээх хамсааһын баар буолара эрэйиллэр. Ил Түмэҥҥэ, бырабыыталыстыбаҕа маныаха тэрээһин үлэ салгыы ыытыллыахтаах. Саамай үрдүк трибунаҕа тахсан, сессияларга, мунньахтарга министрдэр, норуот депутаттара сахалыы көҥүл саҥаралларыгар мэлдьи бэлэм дьуһуурунай синхроннай тылбааһынан хааччыллаллара техническэй да, тэрээһин да өттүнэн билиҥҥи кэмҥэ быһаарыллар суол.

Судаарыстыба органнарын үлэтигэр былырыыҥҥыттан ыла дьаһаллар, уураахтар, ыйаахтар барылларын нууччалыы уонна сахалыы көрүҥнэрин тэҥинэн бэлэмнээн министерстволарга, ведомстволарга сөбүлэһиннэриигэ бииргэ хаамтарыы практиката олоххо киирэн эрэрэ хайҕаныан эрэ сөп. Урукку өттүгэр нууччалыы эрэ вариант оҥоһуллан, баттанан баран, дьэ кэмниэ кэнэҕэс сахалыы тылбаастанара. Онон судаарыстыбаннай органнар үлэһиттэрэ сахалыы үлэлии үөрүйэхтэрэ сайдыбата, тыл имиллибэтэ, сахалыы барбах тылбаастаммыт эрэ дьаһал, ыйаах тута остуол анныгар анньыллара.

Маны таһынан Тыл туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуонун туолуутун ирдэһии эрэйиллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыллар тустарынан сокуона ыйарынан олохтоох бородууксуйа, утах, халбаһыы буоллун, миэбэл, атын да буоллун, икки тылынан инструкциялаах буолуохтаах. Маны ирдэһэр аналлаах сулууспа баар буолуон сөп этэ. Маныаха оҥорон таһаарааччылары ыстараабынан, бобуунан ыкпакка, саха тылын өрө туталларын иһин өйөбүл миэрэлэрэ ылыныллаллара, кинилэр үлэлэрэ үтүө холобур быһыытынан бар дьоҥҥо үрдүктүк сыаналаналлара быдан ордук буолуо этэ.

Олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыы, атыы-эргиэн тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр ити сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, саха тылын билиилэрэ ордук чорбойор хаачыстыбалара (преимущество) квалификационнай ирдэбил быһыытынан киириэхтээҕэ сөптөөх усулуобуйа тэриллибэтэҕиттэн, ону кытта нэһилиэнньэ өттүттэн күттүөннээх туруорсуу суоҕуттан сайдыбат. Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр. Нэһилиэнньэ өттүттэн араас сулууспаларга сахалыы ыспараапкалаһыы, ирдэһии суох буоллаҕына – ол аата наадыйыы суох буоллаҕа дии. 01, 03, 09 сулууспалартан, атын хааччыйар тэрилтэлэртэн да биирдэ сахалыы ыйыт, биэстэ ыйыт, бастаан ыарырҕатыахтара, онтон наадыйыы баар эбит диэн киллэрэн барыахтара буоллаҕа дии. Ону сорук оҥостон утары барар, бопсо сатыыр тэрилтэ соччо суоҕа буолуо. Ол эрэн, туруорсуу хаһан баҕарар сиэрдээх, культурнай, киһи күөн санаатын (достоинствотын) түһэриитэ суох буолуохтаах.

Тылы сайыннарыы судаарыстыбаннай өйөбүлэ суох, судаарыстыба салайар эргимтэлэрин дьонун кыһамньылара суох хайдах да табыллыбат. Билиҥҥи сүһүөх кэмҥэ саха тылын учууталларын үөрэтэр чаастара лаппа сарбыллан, оҕо аймахха, улахан да дьоҥҥо дьайыылара балай эмэ самнан олороллор. Олохторун төрөөбүт тылга ыччаты уһуйууга анаабыт бүтүн араҥа үтүөкэн дьоммутун уопсастыба өттүттэн өйүүр хамсааһын баар буолуохтаах дии саныыбын. Үгүс депутаттар, министрдэр сахалыы тыл этээччи, араатар быһыытынан соччо чаҕылхайа суохтар. Онон саха тылын учууталларын өйөөн, бачыым таһааран, оскуолаларын саха тылын учууталларын тус бэйэлэригэр наставник, репетитор быһыытынан ылан, учууталлар барахсаттар гражданскай чувстволарын өрө тутуохтарын, баҕар, материальнай да өттүнэн өйүөхтэрин сөп этэ. Сүбэлэһэн-амалаһан бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын да олохтуо этилэр.

Франция курдук улуу дойдуга билим академията аан маҥнай француз тыла ыраас буолуутун мэктиэлиир соруктаах тэриллибитэ. Англияҕа Оксфорд тылдьыта ымпыктаан-чымпыктаан ырытыллан оҥоһуллубутунан аан дойдуга холобурга сылдьар. Россияны ылан көрдөххө, күн бүгүҥҥэ диэри Нуучча тылын тылдьытын института тыл хамсааһынын, уларыйыытын кэтээн көрөн, хас биирдии саҥа тыл тылдьыкка киирэрин эбэтэр киирбэтин научнайдык төрүттээн быһаарар.

Улахан омуктар бэйэлэрин тылларыгар ити курдук харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Оттон биһиги, сахалар, ахсаан өттүнэн дьоҕус омук, тылбытыгар уон төгүл ордук харыстабыллаах судаарыстыбаннай политика ыытылларын ситиһиэхтээхпит.

Владислав Доллонов, «Полярная звезда» сурунаал кылаабынай редактора

РЕДАКЦИЯ
РЕДАКЦИЯ
Литературно-художественный и общественно-политический журнал. Издается с 1956 года.

Читайте также

Популярное